- •Практическай дьарык матырыйаала
- •Ааптардар:
- •И¤инээ¡итэ:
- •I тµ´µмэх. Тыл баайа
- •1 §. Нуучча тылын кыбытыы
- •2 §. Тыл суолтатын бутуйуу
- •3 §. Ордук тыл
- •4 §. Литературнай нуорманы кэ´ии
- •5 §. Тыл µ³рµйэ±ин уларытыы
- •1. Булт-алт
- •II тµ´µмэх. Кырамаатыка
- •6 §. ¥³Скээбит аат тылы туттуу
- •7 §. Тардыылаах аат тылы туттуу
- •8 §. Элбэх ахсаан халыыбын туттуу
- •9 §. Сахалыы тµ´µк халыыбын уларытыы
- •Судургу тµ´µктээ´ин
- •Тардыылаах тµ´µктээ´ин
- •10 §. Солбуйар ааты туттуу
- •11 §. Да±аа´ын ааты туттуу
- •12 §. Ахсаан ааты туттуу
- •13 §. Туохтууру туттуу
- •13.1. Туохтуур араас халыыбын туттуу
- •13.2. Туохтуур к³рµ²µн туттуу
- •13.2.1. Төхтүрүтэлиир көрүҥ
- •13.2.2. Тиэтэтэр көрүҥ
- •13.2.3. Кылгыыр көрүҥ
- •13.2.4. Саҕалыыр көрүҥ
- •13.3. Туохтуур атаахтатар халыыбын туттуу
- •13.4. Туохтуур ту´аайыытын туттуу
- •13.5. Буолуохтаах хайаа´ын киэбин туттуу
- •13.6. Туохтуур кэпсиирэни туттуу
- •14 §. Аат туохтууру туттуу
- •15 §. Сы´ыат туохтууру туттуу
- •16 §. Ситим тылы туттуу
- •17 §. Дь³´µ³лµ туттуу
- •III тµ´µмэх. Сиинтэксис
- •18 §. Этии тутаах чилиэнэ. Ту´аан, кэпсиирэ миэстэтэ
- •18.1. Ту´аан миэстэтэ
- •18.2. Кэпсиирэ миэстэтэ
- •19 §. Этии ойо±ос чилиэнэ. Бы´аарыы, толоруу, си´илии миэстэтэ
- •19.1. Бы´аарыы миэстэтэ
- •19.2. Толоруу миэстэтэ
- •19.3. Си´илии миэстэтэ
- •19.4. Тема-рема
- •19.5. Этиигэ ыйытар тыл миэстэтэ
- •20 §. Сурук бэлиэтин туттуу
- •IV тµ´µмэх. Устудьуон б¥чч¥м ¥лэтэ
- •И¢мит билиини бэрэбиэркэлиир тиэс
III тµ´µмэх. Сиинтэксис
18 §. Этии тутаах чилиэнэ. Ту´аан, кэпсиирэ миэстэтэ
18.1. Ту´аан миэстэтэ
Ту´аан (подлежащее) – Ким? Туох? диэн ыйытыыга хоруйдуур этии тутаах чилиэнэ. Этиигэ туох ту´унан кэпсэнэрэ ту´аа²²а к³ст³р. Ту´аан араас са²а чаа´ынан бэриллиэн с³п. Саха т³рµт тылыгар ту´аан этии иннигэр сылдьар. Сµрµн истиилгэ ту´аан миэстэтин уларытар табыллыбат.
Уус-уран истиилгэ эбэтэр публицистика±а атын санааны чорботон этэргэ эбэтэр иэйии дэгэтин биэрэргэ ту´аан кэннин диэки сы±арыйыан с³п.
111 №. Этии ту´аанын булу². Миэстэтин уларытан к³рµ². Этии ис хо´ооно уларыйда дуо?
I. 1. Баттах «олорор» кэмэ барыллаан биэс сыл буолар дииллэр эбит чинчийээччилэр. 2. Кэт-Мардсен аатынан интернат дьиэ±э олорооччуларга концертаах, лекциялаах, бэлэхтээх сырыылары дьахтар Сэбиэтэ утумун быспакка тэрийэр. 3. Дьэ маннык µлэлээн-хамсаан эрэллэр ¥³´ээ Бµлµµ улуу´ун ыччата. 4. Т³р³ппµттэринэн о±о киэн туттуохтаах сиэн санаалаахпыт кэргэним би´икки. 5. Куоракка хортуоппуй атыылыы, тугу эмэ атыыла´а улахан дьон колхозтан ат уларсан киирэллэрэ. 6. «¥бµлээ´ин боппуруо´ун бы´аарыахха», - диэн бы´аарда государство ба´ылыга.
II. 1. Испэктээкилгэ оонньууллар Е.Степанов, К.Михайлов, И.Луковцев о.д.а. 2. Э´игини кµµтэллэр: саха эстрадатын сулустара, шоу-балет, кафе-бар, уоттаах-кµ³стээх дискотека. 3. «М.А.Черосов – саха тылын анаан чинчийбит учуонай», - диэн суруйар автор. 4. Бу кэмтэн ыла са±аламмыта Дь³´³г³й о±отун кытары оло±ун быстыспат сибээ´э. 5. Бµлµµтээ±и аномалия ту´унан олохтоох дьон быдан былыргыттан билэллэр. 6. Саамай кµлµµлээ±э, бэйэбит эмиэ эп-эдэр о±олор алгыс тылын этэ-этэ дьоннору ыал о²ортуурбут.
112 №. Ту´ааны булу². Этии кэннигэр барбыт т³рµ³тµн бы´аары². Маннык этиигэ тыл бэрээдэгин уларытар с³п дуо?
1. Кµ³рэйдэ кµµппµт кµммµт, кэллэ кэтэспит кэммит (ТС). 2. Са²арар / Дьокуускай. Эфиргэ / «Саха сирэ» информационнай та´аарыы. 3. Биэриини аахта диктор Гаврил Неустроев. 4. Халдеев бала´ыанньатын билэр эрээрилэр, о±олор то±о тугу да са²арбатылар? 5. Дьон кинини ³´µргэнэрин µрдµнэн, то±о Тойон Боппуок диэн ааттаабыттарын мин ³йд³³б³ппµн. (Д ДьС). 6. Ити Мотуо кыыс, Матрена Семеновна, миэхэ к³ст³ тµ´эн ааспыта 20 т³гµрµк сылын быйыл туолла. Умнубаппын ээ ону мин. Оттон эн ³йг³р бµгµн-сарсын умнуллубат гына кэпсээтим дуо мин? (АА М).
18.2. Кэпсиирэ миэстэтэ
Саха т³рµт тылын µгэ´инэн кэпсиирэ этии кэннигэр турар. Иэйии дэгэтин чорботон бэлиэтииргэ этии иннигэр кэлэр. Билигин сµрµн истиилгэ кэпсиирэни этии ортотугар туттан, саха тылын синтаксическай нуорматын кэ´эр тµбэлтэ элбэх.
113 №. Этиигэ кэпсиирэ миэстэтин уларытан аа±ы².
I. 1. Ба±арабыт эйиэхэ саха алмаа´ыныы кытаанах доруобуйаны, µлэ±эр µгµс сити´иини. 2. Бу ту´унан би´иэхэ бастаан бэйэтин санаатын µллэстиэ±э саха бухатыыра Николай Дьяконов. 3. Кµндµ аа±ааччылар, бэйэ±ит да аа±ан итэ±эйдэххит Надежда Николаевна хайдахтаах курдук айар куттаах дьонноо±ун. 4. Ити элеменнэри ырытар буоллахха манныктар… 5. Онно санаммытым, биитэр быраас, биитэр бэтэринээр буолуом диэн.
II. 1. Бала´аны бэлэмнээтэ Натали. 2. Э´иги и´иттигит Ба´ылай Харысхан «Сµтэрсибит сµрэхтэр» диэн кэпсээниттэн бы´а тардыыны. 3. Э´иэхэ анаан ыллыахтара: Варя Максима, Лэгэнтэй, Ый Кыы´а, Сиэйэ Уола, «Кофе» дуэт. 4. Ылан к³рµ³±µ², Арктика кытылын олохтоохторун. 5. Таптыыбын к³±³р³р халлааннаах т³р³³бµт ийэ сир дойдубун.
114 №. Биир уустаах чилиэннээх этиигэ тыл бэрээдэгин к³нн³р³н аа±ы².
1. Москва±а олорон наар Саха сирин ту´унан суруйбутум, оттон Саха сиригэр сылдьан наар Москваны. 2. Сибиинньэбит уопсай ахсаана 120, онтон о±о биэрээччитэ 65. 3. Ба´аарга 17 ки´и былдьанна, ол и´игэр 1 о±о. 4. Би´иги оскуолабытын быйыл 5 о±о мэтээллээх бµтэрдэ, онтон иккитэ кы´ыл к³мµс. 5. Россия±а 30 ты´. эбэ²ки олорор, онтон 8 ты´ыынчата Саха сиригэр. 6. Буруоттан быы´ыыр икки б³л³х театр и´игэр кµµстээх бэрэбиэркэ ыыппыт, ³сс³ миэстэтигэр штаб тэриллибит уонна 4 бойобуой учаастак. 7. Пенсионердар уу харчынан ылыахтара, онтон атыттар табаар чиэгинэн.
115 №. Аат кэпсиирэлээх этиини туохтуур кэпсиирэнэн уларытан суруйу². Холобур: Эр ки´и дьоло - µчµгэй кэргэни булан ылыы. - ¥чµгэй кэргэннээх эр ки´и дьоллоох.
1. Сµрµн сорукпут – халаан содулун туоратыы. 2. Кини µтµ³тэ – олохтоох дьону промышленноска тардыы. 3. С³бµлµµр дьарыга – туо´унан араас симэ±и, и´ити о²оруу. 4. Бµгµ²²µ Россия±а иитии боппуруо´угар лидер хаачыстыбатын и²эрии – сµрµн боппуруос. 5. £сс³ биир эбээ´инэспит – ВИЧ. СПИД, наркомания ахсаанын намтатыы. 6. Парламент соруга – республика государственнай куурсун сокуонунан хааччыйыы. 7. С³пк³ а´аа´ын уонна и²эмтиэлээх ас – доруобай олох т³рд³.
116 №. Ыйытар этиини с³пк³ аттары². Т³рµт сахалыы ыйытыы туох уратылаа±ын бы´аары². Холобур: Табахтыыры² т³рµ³тэ туохха сытарый? (дьыала) – Табахтыыры² туох т³рµ³ттээ±ий? (сµрµн истиил) – То±о табахтыыгын? (кэпсэтии тыла).
1. Тустууга с³бµлээн туттар ньымалары² туохтарый? 2. Дьокуускай урукку уонна са²а генеральнай былаана уратыла´ара тугуй? 3. Эн дьиэ кэргэ²²эр хас ки´и киирэрий? 4. Ордук тахсыылаахтык µлэлиир кэми² ханныгый? 5. ¥тµ³ холобур о²остор ырыа´ыттары² кимнээхтэрий? 6. ¥лэ±ит-хамнаскыт сµрµн сыала туохха сытарый? 7. Механизациялаа´ын туруга ол кэм²э хайдах этэй?
117 №. Нууччалыы тутуллаах этиини сахатытан суруйу².
1. Балык эмиэ таптыыр астарым ахсааннарыгар киирэрэ. 2. Утахтартан мин дьо²²о кымы´ы сµбэлиэм этэ. 3. Ынах сµ³´µ µ³´ээ сы²аа±ар илин тиистэрэ суохтар, онон а´ылыгын тылынан с³р³³н ылар. 4. Сахалар а´ыыр астарыгар к³т³рд³³´µн биллэр-к³ст³р суолтаны ылбат. 5. Оскуоланы бµтэрэн, ферма±а тахсыа² иннинэ сµ³´µгэ сы´ыаны² хайдах этэй? 6. Билигин кини ыал буолан, бэйэтин атын дьарыкка боруобалана сылдьар. 7. Бэйэ±ин дьоллоох ки´инэн аа±ына±ын дуо?